Биики-Сонуннарга бастакы сахалыы сонун бэчээттэннэ.
Аляскаҕа сир хамсаата дьолго ким да өлбөтө
Тохсунньу 25. Анкоридж куораттан чугас эпицентрдээх 7.1 бааллаах сир хамсааһына буолла. Куорат сорох оройуоннарыгар кылгас кэмҥэ уот бара сырытта. Кенай куоракка гаас эстиитин түмүгэр икки дьиэ алдьанна, өссө икки дьиэ умайда. Сүүрбэччэ киһи атын сиргэ көһөргө күһэлиннилэр. Сир хамсааһына үөскээбит киинэ дириҥ (80 км) буолан цунами үөскүүр кыаҕа суох диэтилэр.
Малярияны эмтииргэ ситиһии
Азияҕа, Африкаҕа, Европаҕа уонна АХШ-ка үлэлиир чинчийээччилэр артемизинин диэн малярия плазмодийын утары эмп туһалааҕын дакаастаатылар, бу эми уһуннук туттуу ыарыы атын, эмкэ бэриммэт көрүҥнэригэр сүрдээх дьайыылаах эбит. Чинчийии түмүгэ 2014 сыллааҕы от ыйын 31 күнүгэр тахсыбыт New England Journal of Medicine сурунаалга бэчээттэммит.
Сарсын Сэтинньи 30 күнүгэр ,
|